Сайыны көрсө Хатыы агрооскуолата рассада арааһын атыыга таһаарда. Хаһыс да сылын агрооскуола нэһилиэк дьонугар оҕуруот аһын рассадатын, араас дьэрэкээн сибэкки арааһын атыылаан, дьон-сэргэ сайыны быһа иҥэмтиэлээх, битэмииннээх оҕуруот аһын олордор, дьиэлэрин таһын нарын сибэккинэн киэргэтэр.
Олунньу ыйтан агрооскуолалар түбүктээх үлэлэрэ саҕаланар. Кып-кырачаан сиэмэни кыһыл оҕо курдук бүөбэйдээн, көрөн-харайан, уу кутан улаатыннаран, ыам ыйыгар диэри, атыыга, оҕуруокка, теплицаҕа тахсыар диэри, ньээҥкэлээн таһаарар. Хатыы агрооскуолатын тутаах үлэһитэ Тимофеева Татьяна Ивановна буолар. Оскуола оҕуруот эрэ аһын буолбакка, роза, тюльпан, оннооҕор соҕуруу дойду аһын винограды олордон боруобалыыр, үөрэтэр, рассадатын атыылыыр.
Ол туһунан Татьяна Ивановнаны кытта кэпсэттим:
-Винограды 5 сыл аннараа өттүгэр Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Евдокия Степановна Гаврильева — Сибэкки Дуняттан 3 араас суорду киш-миш, магия, красена диэннэри ылбыппыт. Бастакы сылыгар силиһин бөҕөргөтөөрү астарын туурбуппут, иккис сылыттан ас биэрэн барбыта. 3 винограды таһырдьа олордон боруобалаабыппыт да, улаханнык өнүйбэтилэр, биһиги кыһыммыт тымныыта да бэрт. Теплицаҕа турар винограттарбыт 11 кылаастар банкеттарыгар диэри ситэр, улаатар, онон оскуоланы бүтэрээччилэр 4 сылын бэйэ үүннэрии винограттарын банкекка сииллэр. Винограппыт рассадатын нэһилиэк дьонугар, ким ылыан баҕалаахха атыылыыбыт. Теплицабар, оскуола оҕолоругар эбии дьарык баар буолан, үөрэнээччилэрим, ону таһынан, оскуола үлэһиттэрэ илии-атах буолаллар, бу тыһыынчанан үүнээйини соҕотох киһи көрөрө сылаалаах, түбүктээх. Агрооскуолабытыгар боруобалаан, кэтээн көрүүнү син биир ыытабыт. Ол курдук 1987 сыллаах оскуоланы бүтэрээччилэр 4 яблоко маһын аҕалан олордубуттара, үһүс-төрдүс сылыгар барда, наһаа улааппакка тураллар, урукку дьылларга тюльпан сибэккини олордон атыылаан көрбүппүт, тигээйи, калифорнийскай чиэрбэ да иитэ сылдьыбыппыт, билигин 6 араас роза сибэккини үөрэтэн, олордо сылдьабыт. Сибэккилэннэҕинэ биирдии устууканан атыылыыбыт. Оттон оҕуруот аһын эбэһээт олордобут, оскуолабыт оҕолоро кыһыны быһа бэйэлэрэ олордубут хортуоскаларын, моркуоптарын, оҕурсууларын, помидордарын сииллэр. Быйыл 20 араас сибэкки, клубникаттан. дьэдьэнтэн моонньоҕонугар тиийэ, оҕуруот аһын рассадатын эгэлгэтин атыылыыбыт диэнинэн кэпсэтиибитин түмүктээтибит.
Агрооскуолалар баар буоланнар, тыа сирин оскуолалара үлэҕэ иитии өттүнэн, тыа хаһаайыстыбатыгар ордук бэлэмнээх оҕолору таһаараллар дии саныыбын. Оскуола агро буолан, эбии дохуот да киллэрэригэр табыгастаах буолар. Маннык агрооскуолаларга оҕо сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырдарын, эбии дьарык куруһуоктарын элбэҕи көрөн, оскуола үлэтин өссө кэҥэтэригэр кыах биэрэллэрэ буоллар олус бэрт буолуох этэ.
Татьяна Ивановна5а теплицатыгар ыалдьыттыы тиийдэххэ, киһи хараҕа халтарыйар күөх көбүөрү тэлгээн кэбиспит курдук рассада арааһа, оннооҕор Маалыкайтан анаан-минээн рассада атыылаһа кэлэллэр.
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк.