Түптэ буруотун сыта, ынах маҥырааһына, оҕо аймах саҥата, кэҕэ этэн чоргуйара – бу барыта биһиэхэ ураты чугас, сайылыгы кытта ыкса ситимнээх сырдык өйдөбүллэр. Хас биирдии саха киһитин уйулҕата уһуктар, өйө-санаата сырдыыр, оҕо эрдэҕиттэн иҥэн хаалбыт кэрэ көстүүлэри кытта ситимнээх кэрэ кэм. Эргиччи үөрүүлээх, ураты кэтэһиилээх кэм.
От ыйын 17 күнүттэн Ньурба култууратын Департамена сайыҥҥы кэмҥэ улуус култууратын тэрилтэлэрин, Ф. Г. Сафронов аатынан Киин бибилэтиэкэ үлэһиттэриттэн таҥыллыбыт “Сайылыгым барахсан” агитбригадатын Ньурба оройуонун Култуураҕа департаменын салайааччытын солбуйааччыта Артур Кузьмин салайан илдьэ сырытта. Ол курдук улуус сайылыктарын кэрийэн, күүстээх үлэҕэ сылдьар дьону сэргэхситэр сэргэх сэһэнинэн, ырыанан — тойугунан сэргэхситэр сыаллаахтар.
Бу күн агитбригада Ньурба АГРО-МТС сайылыгар «Бэс атахха» ыалдьыттаата. Оройуоммут култууратын талба талааннаахтара уонна Дьокуускайдааҕы Култуура колледжын устудьуонката Камилла Васильева, СВФУ устудьуона Алексей Иванов ылбаҕай ырыаларын, дьүрүскэн хомус матыыптарын бэлэхтээтилэр. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ «Ньурба (Марха) улууһа 200 сыла» тургутугу ыыттылар, МТС «Ньурба-Агро» тэрилтэ салайааччыта Семен Николаевич Николаев тургутукка кыайыылаах аатын ылла.
От ыйын 18 күнүгэр «Күндээдэ» агрофирма “Кириэс” сайылыгар агитбригада үлэтин салгыы ыытта. Үлэһиттэри көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, кэнсиэр көрдөрдүлэр. Тургутук кыайыылааҕынан Александр Николаевич Ефремов буолла.
Аныгыскы нэдиэлэҕэ агитбригада, былаан быһыытынан, Марха куустатыгар Чкалов сайылыгар тиийэн сэргэхситиэ, күүстээх үлэҕэ сылдьар дьоммутугар күүстэригэр күүс, сэниэлэригэр сэниэ эбиэ.
Күндү дьоммут, тыа сирин уйгутун тутан олорооччулар! Үлэҕит — хамнаскыт ситиһиилээх буоллун, хонуу-хонуу аайы хороҕор муостаахпыт тэнийдин, сыспай сиэллээхпит элбээтин, өбүгэ үтүө үгэстэрэ сөргүтүллэ, сайылык барахсан – мэлдьи сайда-тэнийэ турдун!
Бука-бары күргүөмнээхтик турунан сайыҥҥы кылгас кэмҥэ күөх быйаҥы сомсон, үрүҥ илгэни үксэтэн, хороҕор муостааҕы элбэтэн олохпут уйгутун тупсарарга турунуоҕуҥ!