От ыйын 19 күнүгэр Варвара Андреевна Петрова аатынан Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы Кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт-дьиэлэригэр «Сайылыгым барахсан» агитбригада ыалдьыттаата. Олохтоохтор киһи сүргэтин көтөҕөр, ис эйгэни кэҥэтэр истиҥ сахалыы ырыалары сэргии, дуоһуйа иһиттилэр, көрдөөх тургутукка кыттан оҕолуу үөрдүлэр, түмүккэ оһуохай үҥкүүтүгэр астына үҥкүүлэстилэр, агитбригада хамаандатыгар махтаннылар, өссө да киэҥник арыллан, ылбаҕай ырыаҕыт ыраахха дуорайа, бар дьоҥҥут тапталын ыла туруҥ! – диэн алҕыы хааллылар.
От ыйын 22 күнүгэр Култуура Департамена уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ кыттыылаах «Сайылыгым барахсан» диэн агитбригаданан Чкалов нэһилиэгин «Куртах» диэн саха ынаҕын ферматыгар ырыа — тойук, оонньуу аргыстаах бэртээхэй итии — истиҥ күнү тэрийдибит.
Сайылыкка саҥа титиик, ыанньыксыттар олорор дьиэлэрэ тутулларын ситиһэн, таһаарыылаахтык үлэлии — хамныы олорор тутаах киһилэрэ Андрей Владимирович үөрэ — көтө көрүстэ.
Кэнсиэртинэй нүөмэрдэри иилээн — салайан ыытта, тойугунан аста Н. Чуор аатынан «Кыталык» култуура дыбарыаһын үлэһитэ Таисия Кучурова. Култуура Департаменын солбуйааччыта Артур Кузьмин, гитаранан доҕуһуоллатан бэртээхэй ырыаларын бэлэхтээтэ. Сайылык туруу үлэһит дьонун бэйэлэрин истиҥ — иһирэх ырыаларынан сэргэхситтилэр Култуура Департаменын үлэһитэ Тартакынова Розалия, Мархаттан кулууп үлэһиттэрэ Тобонова Анегина, Васильева Татьяна, Кундээдэттэн кулууп үлэһитэ Ананьев Александр. Оҕо уонна ыччат бибилэтиэкэтин үлэһитэ Семёнова Лидия ыыппыт «Көрдөөх ыйытыктар» оонньууга сайылык олохтоохторо көхтөөхтүк кыттан, 1,2,3 миэстэҕэ тиксэн, » Добун сурук», бириис тутан астыннылар. Минньигэс астаах сандалы остуол тула олорон чэйдээтибит, сарсыардааҥҥы ыам сибиэһэй сүөгэйинэн күндүлээтилэр, салҕыы Андрей Владимирович гитаранан оонньоон дьикти үчүгэй бэйэтэ суруйбут ырыаларын ыллаан иһитиннэрдэ. Бу маннык сайылык ферматыгар биир интэриэһинэй, истиҥ — иһирэх күн буолан ааста.
Күндү дьоммут, тыа сирин уйгутун тутан олорооччулар! Үлэҕит-хамнаскыт ситиһиилээх буоллун, хонуу-хонуу аайы хороҕор муостаахпыт тэнийдин, сыспай сиэллээхпит элбээтин, өбүгэ үтүө үгэстэрэ сөргүтүллэ, сайылык барахсан – мэлдьи сайда-тэнийэ турдун!
Бука-бары күргүөмнээхтик турунан сайыҥҥы кылгас кэмҥэ күөх быйаҥы сомсон, үрүҥ илгэни үксэтэн, хороҕор муостааҕы элбэтэн олохпут уйгутун тупсарарга турунуоҕуҥ!
Ньурба култуурата.