Муус устар 26 күнүгэр, Степан Прокопьевич Федотовка аналлаах тэрээһиҥҥэ бараары дьиэбититтэн тахсыбыппыт хаар түһэн намылыта турар эбит.Тула уоскулаҥ, уу чуумпу айылҕа үөрбүт көппүт бэлиэтэ. Бүгүҥҥү күн ол курдук үрдүк үөрүүгэ куустаран олус долгутуулаахтык ааста.
Луиза Акимовна Канаева үс сыл сыраласпыт үлэтэ «Эргэ Чымадаан кистэлэҥэ» кинигэ буолан тахсыбыт үөрүүлээх күнэ, чахчы да долгутуулаахтык үрдүк таһымҥа ааста. Маргарита Романовна кинигэ үлэтэ саҕаланыаҕыттан үлэлэспит буолан, билэрэ да бэрт, үрдүк таһымҥа ыытта. Элбэх үтүө тыл этилиннэ, эҕэрдэлэр бииртэн биир субуһан истилэр. Луиза Акимовна биир дойдулааҕын, аймаҕын Степан Федотов хоһооннорун ураты иэйиилээхтик ааҕан барыбытын үөртэ, долгутта.
Степан Прокопьевич хоһооннорго төрөөбүт төрүт дойдутугар тапталын, үлэһит дьонугар убаастабылын сүгүрүйүүтүн дууһатыттан айбыт тыллара хас биирдиибит сүрэҕэр итии хааммытын хамсатта. Дьиикимдэ Дьөттүн алааһыгар төрөөбүт оччотооҕу сэмэй саха уолун хоһоонноро күн бүгүн ыччат дьоҥҥо холобур буолар. Күннээҕи олоххо боростуой үлэһит дьон көмүс көлөһүнүн тоҕон үлэлиирэ — хамсыыра бу биһиги билиҥҥи дьон харахпытыгар илэ тиллэн көстөн кэлэр. Дьиикимдэ үлэһит дьонун үйэтиппит Ньурбаттан бастакы ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ Степан Прокопьевич мас чымадааныгар хараллыбыт суруктара күн дьыл өксүөнүн хорсуннук туораан кинигэ буолан күөх Ньурба дьонугар сэргэтигэр олус күндү туохха да тэҥнэммэт бэлэх буолан кэллэ.
Луиза Акимовна уонна Степан Федотов балта Валентина Дмитриевна, киин библиотека үлэһиттэрэ Маргарита Романовна, Ирина Ивановна, Рея Петровна бары көмөлөһөн бу күндү кинигэ күн сирин көрдөҕө. Биһиги ол үөрүүгэ кыттыһан сүргэбит көтөҕүллэн үөрүү күүстээх энергиятын Үөһээ үрдүк күүстэргэ ыыттахпыт. Эр дьон ансамбла «Төлөн» ырыа бөҕөнү ыллаатылар, үөрүүгэ үөрүүнү эптилэр. Эчи, ыллыыллара үчүгэйин, бирээмэ көтө сыстыбыт. Дьиикимдэ дэриэбинэтин ураты салгына ил гынан биллэн ааста, ойуурун суугуна илэ кулгаахпытыгар иһилиннэ,ол курдук иэйиилээхтик ыллаатылар ээ барахсаттар. Дьиикимдэ оскуолатын оҕолоро Степан Федотов хоһооннорун ааҕан үөртүлэр. Биир дойдулаахтарын хоһооннорун ааҕаллара эчи истиэххэ кэрэтин. Бэйэтэ ураты музыка кэриэтэ, сааскы ойуурга үрүччэ тыаһыныы оҕолор ааҕаллара иһиллэр.
Аны экраҥҥа Маргарита Романовна кэпсиирэ хаартыскаларынан көстө турара кэпсииллэрин ситэрэн биэрэ турар. Библиотека эдэркээн үлэһиттэрэ Лена Семенова, Саманта Филиппова эрдэттэн үлэлээн тэрээһини көстүүнэн тупсарда, ситэрдэ. Аны куйаар ситимин нөҥүө ыыппыт, санааларын эппит-тыыммыт, эҕэрдэ бастыҥын анаабыт суруйааччы Саргы Куо, «Айар» кинигэ кыһатын редактора, кинигэ таһаараатыгар үлэлэспит А.И. Филиппова, Р. М. Федотова уонна да атыттар тыллара-өстөрө үчүгэйэ, чуолкайа, көстүүлэрэ субу аттыгар олорор курдуктара… тыл тиийбэт хайгыырга. Киин бибилэтиэкэм кыргыттара үлэһиттэрэ бу тэрээһиҥҥэ өссө ордон көһүннэ.
Степан Федотов Туймаада аҕа баһылыгын маанылаах кыыһыттан, кини кэргэниттэн Түүлээх түҥүрдээх Түлүөн ойуунтан хаан тардар. Түлүөн ойуун көрүүлэнэн Туймаадаҕа олох отуора хамсыыһы диэн дьонун илдьэ Ньурба сиригэр Оҕуруоттаахха кэлэн олохсуйар.Кинилэр бэйэлээхтэр өркөн өйдөрө, уус тыллара тымыр устун сүүрэр хаанынан бэриллэн Степан Прокопьевич суруйааччы, поэт, прозаик буолан үүнэн таҕыстаҕа. Дьиикимдэ Дьөттүн алааһыгар уол оҕо буолан төрөөн дьонун сэргэтин ааттатаҕа. Айхал буоллун Дьиикимдэ удьуор үлэһит дьонугар. Суруйааччы уоллара таптаан хоһуйбут алаастарыгар сотору саас кэлиэ, айылҕа тыллыа, сир дойду тупсуо, хайаан да дойдутун буоругар уоллара ыалдьыттаан ааһыа, көстүбэт эйгэҕэ.
Махтал Кэрэ киһиэхэ, хоһоон куттаах үлэһит үтүөтүгэр Луиза Акимовнаҕа-дьулууругар, тулууругар.
Махтал Степан Федотов кыыһыгар Сардаанаҕа, хатыҥыр, нарын да киһиэхэ. Бүгүн аан бастаан кинини долгуйа көрдүм.
Махтал биһиги тапталлаах сэмэй олус үлэһит Валентина Дмитриевнабытыгар. Кини хаан уруу дьонун түмэ тардан хорсуннук абаҕатын кинигэтин таһааттарбытыгар.
Элбэх сылы уҥуордаан биһигини түмтэ дии барыбытын Ньурба бастакы суруйааччыта Степан Прокопьевич Федотов. Парканнан сатыы баран истэхпитинэ хоп хойуу хаар түһэн арыаллаата. Дьикти көстүү буолан сүрэҕи үөртэ.
Махтал бүгүҥҥү дьолунан сыдьаайбыт ураты күҥҥэ.
Махтал барыгытыгар.
«Ньурба уоттара», «Кыраһа» литературнай түмсүү чилиэнэ, киин бибилэтиэкэ тэрээһиннэрин өрүү сэргээччи Антонина Яковлева, Хорула-Антоновка