2012 сыл биһиги Ньурбабыт сиригэр Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыбыт кэрэ түгэнэ өлбөт-сүппэт үйэлэнэн үтүө өйдөбүлгэ сылдьар. Олоҥхо ыһыаҕын биир сүрүн суолтата биир дойдулаах олоҥхоһуттарбыт айан, толорон хаалларбыт олоҥхолорун кинигэ гынан таһаарыы этэ. Олортон биирдэстэрэ Спиридон Васильевич Петров — Чыычаах «Оҕо Дьулаах бухатыыр» диэн 3878 строкалаах олоҥхото. 111 сирэйтэн турар кинигэҕэ «Улгум сиэр аттаах уорааннаах сутуруктаах Оҕо Дьулаах Бухатыыр» олоҥхо таһынан фольклорист В. В. Обоюкова олоҥхону ырытыыта, олоҥхо хайдах, хантан көстүбүтүн туһунан суруйуута ааҕааччыны интириэһиргэтэр. Фольклорист В. П. Еремеев, биир дойдулаахтарбыт фольклорист Емельянов Н. Н., бөлүһүөк Уткин К. Д.- Нүһүлгэн, талба талаан Н.Ф.Осипов — Чоомуут бу олоҥхону айбыт С. В. Петров — Чыычаах туһунан ахтыылара кинигэни байытар. Спиридон Васильевич Петров 1894 сыллаахха Марха улууһугар I Хаҥалас нэһилиэгэр, Дьөҥкүүдэ Эбэ кытыытыгар Босхо Арыы сиргэ күн сирин көрбүтэ. Кини аҕата аатырбыт тимир, мас ууһа, ырыаһыт, үҥкүүһүт этэ. Уус аҕатын тула дьон-сэргэ мустан олоҥхолуулларын оҕо эрдэҕиттэн истэн улааппыта. Уус идэтигэр эмиэ аҕатыттан үөрэммитэ. Уһанар идэтэ Спиридону улаханнык абыраабыта. 17 саастааҕар көмүстээх тайҕаҕа Бодойбоҕо барар. Мас кэрдиитигэр сырыттаҕына уһанар дьоҕурдааҕа биллэн көмүскэ туттуллар сэби-сэбиргэли оҥорор, тааска элэйбит хойгуону — лаппаахыны сытыылыыр үлэһит буолар. Бодойбоҕо сылдьан оробуочайдар профсоюзтарыгар киирэр, өйө-санаата тобуллар, хараҕа аһыллар. Манна сырыттаҕына ыраахтааҕы былааһа ыһыллар. Спиридон Петров дойдутугар үгүс элбэх кэһиилээх төннөн кэлэн дьонун үөрдэр. Холкуоһу тэрийсэн өрүү салайар үлэҕэ сылдьар. 1934 сылтан 1957 сылга диэри төрөөбүт нэһилиэгэр, Хаҥаласка, Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1940 сылтан ССКП чилиэнэ, төлөннөөх коммунист. Нэһилиэк, райсовет депутатынан 12-ки төгүл талыллыбыта. С. В. Петров олоҥхотунан, оһуокай тыла этиитинэн, тойугунан Саха сиригэр, Бүлүү сүнньүгэр ЧЫЫЧААХ диэн аатынан биллэр.
Хаҥалас нэһилиэгин, Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, төрүт тылы, тылынан уус-уран айымньыбытын үйэтиппит, Ньурба уйгулаах туонатын талба талааннааҕа С. В. Петров - Чыычаах "Оҕо Дьулаах Бухатыыр" олоҥхотун кинигэтин Ньурба бибилэтиэкэлэриттэн уларсан ааҕыҥ, саха буоларгытынан киэн туттуҥ!
Матырыйаалы бэлэмнээтэ
Ньурбатааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаата.