Киэҥ историялаах «Ньурба уоттара» түмсүү үлэтин биир сүрүн хайысхата-үүнэр көлүөнэ ыччаттары кытта үлэтэ буолар. Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин иһинэн үлэлиир айар куттаахтар түмсүүлэрэ нэһилиэк аайы олохтоох бибилэтиэкэрдэр салайыыларынан үлэлииллэр-хамсыыллар.
Бүгүн эбээн суруйааччыта, худуоһунньуга, фольклориһа Дмитрий Нестерович Апросимов 95 сааһын туолуутугар «Айылӄа кэрэтэ» («Красота земли») хоһоон суруйууга оӄолорго ѳрѳспүүбүлүкэтээӄи күрэх түмүгэ билиннэ.
Бу күрэххэ Ньурба оройуонуттан А.Ф.Алексеев аатынан Чуукаар орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччилэрэ Маайа Васильева уонна Владимир Степанов, Д.И. Павлов аатынан Өҥѳлдьѳ орто оскуолатын 9 кылааһын үѳрэнээччилэрэ Розанна Попова, Филиппова Олеся кыттыыны ылбыттара. Күрэххэ ѳрѳспүүбүлүкэ араас муннугуттан барыта 40 үлэ киирбититтэн III истиэпэннээх Лауреат Чуукаартан Маайа Васильева, III истиэпэннээх Дипломант Өҥөлдьөттөн Розанна Попова. Соһуччу үөрүүнү бэлэхтээбит кыайыылаахтарбытыгар эӄэрдэ бастыҥын тиэрдэбит!
Чуукаар оӄолоро быйылгыттан «Уран кут» литературнай түмсүүгэ дьарыктанан саӄалаатылар. Бастакы холонуу хоһооннорунан иккис тѳгүлүн ѳрѳспүүбүлүкэ таһымнаах күрэххэ кыттан ситиһиилэннилэр. Бу иннинэ «Тѳрѳѳбүт тѳрүт тыл» айар үлэ күрэӄэр I уонна III истиэпэннээх Лауреат буолан бастакы ѳрѳгѳй үѳрүүтүн билбиттэрэ. Салайааччылара Андреева Клавдия Владимировна, Ньурбатааӄы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин Чуукаардааӄы 13№ филиал бибилэтиэкэрэ, сүбэһиттэрэ СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Сельтюкова А.Р.-Айаалла. Клавдия Владимировна дьарыктыыр оҕолорунаан айар эйгэҕэ бастакы хардыылара ситиһииттэн саҕаламмыта олус үөрүүлээх, инникитин да кыайыылар кэлэ турдуннар. Өҥѳлдьѳ орто оскуолатын саха тылын учуутала Кириллина Нюргуяна Григорьевна киин бибилэтиэкэ, «Ньурба уоттара» түмсүү айар үлэҕэ ыытар тэрээһиннэригэр оҕолорунаан өрүү көхтөөхтүк кыттар бастыҥ доҕорбут буолар. Үөрэнээччилэрэ күргүөмүнэн кытталлара өрүү үөрдэр, саха тылын, литературатын өрө тутан үөрэтэр учуутал буоларын билинэбит, сыаналыыбыт, махтанабыт. Розанна Попова араас тэрээһиннэрбитигэр ѳрүүтүн кыттан бириистээх миэстэӄэ тиксэринэн олус билэр оӄобут.
Күндү уһуйааччыларга инникитин да оӄо талаанын таба кѳрѳн айар үлэӄэ сыһыаран, такайан иһэргитигэр! Айар дьоҕурдаах оҕолорбут төрөөбүт тылгытын өрө тутан саханы улуу омук дэтэр саргылаах санаанан салайтаран улаатыҥ, айыҥ-тутуҥ!
Киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын бибилэтиэкэрэ Маргарита Ноева.