Мэҥэдьэк нэһилиэгин олохтоох библиотекатыгар «Туох?Ханна?Хаһан?” оонньуу ньыматынан норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр аналлаах оскуола саастаах оҕолорго “Араас дойдулар үгэстэрэ, бырааһынньыктара” диэн викторина ыытылынна. Кытыыны ыллылар 5, 6, 8, 9, 10 кылаас үөрэнээччилэрэ. Оонньуу сыалынан оҕолор билэр-көрөр дьоҕурдарын, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы, араас дойдулар тустарынан билиилэрин хаҥатыы буолар. 20 араас боппуруос бэриллибититтэн кыайыы үрдүк үөрүүтүн 6 кылаас үөрэнээччилэрэ Николаева Катя, Николаев Женя биллилэр. 2 миэстэ 5 кылаас үөрэнээччилэрэ Ноговицына Таня, Николаев Гриша, 3 миэстэ Иванова Кэрэ, Сафонов Виктор буоллулар. Кыайыылаахтарга грамота, минньигэс сэмэй бэлэхтэр туттарылыннылар.
Матрена Габышева, Мэҥэдьэк.