Төрөөбүт төрүт тыл уонна сурук-бичик декадатын чэрчитинэн Ньурбатааҕы кырдьаҕастар дьиэлэригэр олунньу 15 күнүгэр Ийэ тылга аналлаах тэрээһин ыытылынна. Интэринээт олохтоохторо саха талааннаах суруйааччыларын хоһооннорун аахтылар, ырыаларын ыллаатылар. Киин библиотека үлэһитэ Рея Васильева «Саха Сирин төһө билэҕин?»диэн тургутук ыытта.Бары көхтөөхтүк кыттыыны ылыллар, кыайыылаахтар минньигэһинэн наҕараадаланнылар.
1996 сылтан Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев ыйааҕынан Олунньу 13 күнэ- төрөөбүт тыл уонна сурук – бичик күнүнэн биллэриллибитэ. Маннык анал күн олохтонон сахабыт тылыгар суолта бэриллэн, төрөөбүт төрүт тылбыт сайдыытыгар болҕомто ууруллар. Төрөөбүт тыл дууһа тыла буоларынан, киһини киһи, омугу омук быһыытынан иитэрин, норуоту тыыннаах хаалларарын саха үөрэхтээх дьоно эрдэ өйдөөбүттэрэ.
Сахалартан бастакы тыл үөрэхтээҕэ, сахалыы суругу-бичиги төрүттээбит Семен Андреевич Новгородов буолар. Кини 1892 сыллаахха Олунньу 13 күнүгэр Чурапчыга төрөөбүтэ. Семен кыра сааһыттан оскуолаҕа үөрэниэн баҕарара. Ол иһин аҕата Семену кыра үөрэхтээх саалтырдьыкка (таҥара үлэһитэ) 2 чэйи манньа биэрэн, биир кыһын үөрэттэрбитэ. Бу кэмҥэ сахалыы тылынан кинигэ суоҕа. Сотору кэминэн нууччалыы кинигэттэн сахалыы тылбаастаан, дьонун сөхтөрөрө. 10 сааһыгар көскө кэлэн олорор Цыценко Иван Трофимович чааһынай оскуолатыгар икки сыл үөрэнэр. Онтон салҕыы Дьокуускайга реальнай училищеҕа үөрэнэр. 1913 сылга төрөөбүт тылын төрдүгэр-төбөтүгэр тиийэ үөрэтээри Петербург куоракка университетка үөрэнэр. Саха сирин аатыттан Бастакы бүтүн Россиятааҕы учууталлар съезтарын кыттыыны ылбыта. Бу съезкэ Семен Новгородов сахалар бэйэлэрин тылларынан оскуолалаах буолуохтаахтарын, үөрэтэр кинигэ наадатын туруорсубута. Дьаныардаах үлэтин түмүгэр үөрэх бастакы кинигэлэрин « Сахалыы сурук-бичик»1917, «Бастааҥҥы сурук-бичик» 1922 с. Дьокуускайга, «Сурук-бичик» Петроградка уонна «Ааҕар кинигэ» 1923 сылларга тахсыбыттара. Дьэ, бу кинигэлэринэн оскуолаларга саха тылын предмет быһыытынан үөрэтии саҕаламмыта.
Ийэ тыл иһирэх
Илгийэр сүмэтэ,
Ил гынар иэйиилээх
Имэҥнээх этиитэ.
Үс дорҕоон иһиллэн,
Үүнэ тур,чэлгийэн!
Айаалла — Алла Сельтюкова
Ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа.