Олунньу 10 күнүгэр, Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаммыт, декада чэрчэтинэн Чаппанда модельнай бибилэтиэкэтигэр бибилэтиэкэ уонна уус уран салайааччы Семенова С. Д. тэрийиилэринэн Арассыыйа үрдүнэн Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҕо-аймах сылынан “Төрөөбүт тыл абылаҥа” дорҕоонноохтук ааҕыы түһүлгэтэ, күрэх буолан ааста.
Күрэҕи хомус дьүрүскэн тыаһынан доҕуһуоллатан Юмшанова Н. С. арыйда. Салгыы Антоновкаттан ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт “Куочай” түмсүү, биир дойдулаахпыт Клара Васильева хоһоонун бэлэх ууннулар.
Күрэхпит дьүүллүүр сүбэтигэр үлэлээтилэр С. П. Алексеев — Бооһуут аатынан орто оскуола саха тылын уонна национальнай култуура учуутала Прокопьева М. И., омук тылын учуутала Юмшанова Н. С., Антоновкаттан Баһаарынай сулууспа бэтэрээнэ, туйгуна
ис сулууспа капитаана Данилова С. Н. Дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн күрэхпит түмүгэ маннык буолла: Үһүс үрдэл Петрова З. П. кыыһынаан Михайлова Тасялыын, иккис үрдэл Семенова С. Д. сиэнинээн Архипов Янныын, бастакы үрдэл бырааттыы Сааскылаан, Сандал Громовтар, анал ааттары ыллылар, “Дорҕоонноох ааҕааччы” Андросов Даниэль, “Хомоҕой тыллаах” ааҕааччылар Кононова М. Н. уолунаан Кононов Янныын уонна күрэх Кылаан кыайыылаахтара үрдүк ааты ыллылар үс көлүөнэ ааҕааччылара: эбэлэрэ Иванова К. Е. кыыһынаан Павлова С. А. уонна сиэн кыыһынаан Павлова Сандааралыын. Бары кыттааччылар Добун суруктары, бэлэхтэри туттулар.
Бу күн Антоновка нэһилиэгиттэн Данилова Светлана Николаевна кэлэн, саха биир утаҕын “Ымдаан” туһунан кэпсээтэ уонна маастар кылаас көрдөрдө, сүбэлэри биэрдэ.
Тэрээһиммитигэр С. А. Новгородов 1917 сыллаахха бастакы латынныы тылынан тахсыбыт букубаарын кытта билистилэр, кыраайы үөрэтээччи Сидорова Т.Д. сахалыы тыл туһугар үлэ туһунан санаатын үллэһиннэ, хоһоон суруллуутун туһунан бэйэтин санаатын этиннэ. “Куорсун” литературнай түмсүүттэн Егоров Г. Н. саҥа буруолуу сылдьар хоһоонун аахта.
Хоһоон хонуута бэрт сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Кэлбит ыалдьыттар алаадьы, ымдаан амсайан бардылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит Данилова С. Н, Прокопьева М. И., Юмшанова Н.С., маастар кылаас ыыппыт Даҥилова С. Н., “Куочай” түмсүүгэ барҕа махталбытын тириэрдэбит.
Төрөөбүт төрүт тылбыт, сүтэн-симэлийэн хаалбатын, сайдан истин.
Бибилэтиэкэр Тимофеева Е. С.