Саха бастакы лингвист-учуонайа С. А. Новгородов төрөөбүт күнүгэр — олунньу 13 күнүгэр СӨ бастакы Президенэ М. Е. Николаев Ыйааҕынан 1996 сылтан төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ бэлиэтэнэр.
С. П. Алексеев — Боһуут аатынан Чаппанда орто оскуолатыгар олунньу 12 күнүгэр төрөөбүт тылга аналлаах нэдиэлэ чэрчитинэн 5 -11 кылаас үөрэнээччилэригэр олохтоох библиотека уонна кылаас салайааччылара кыттыылаах саха бастакы лингибиис-учуонайа, саха суругун төрүттээччи, общественнэй диэйэтэл С. А. Новгородов олоҕун, айар үлэтин кытта билсиһэн кылаас чаастара ыытылыннылар.
С. А. Новгородов 1917 сыллаахха таһаарбыт «Сахалыы сурук-бичик» букубаарын реперент көмөтүнэн, 2022 сыллаахха «Айар» кинигэ кыһата таһаарбыт кинигэтин билистилэр. Сахалыы быһаарыылаах тылдьыттары уонна да атын кинигэлэри кытта билистилэр.
Түмүккэ учуутал Белолюбская Т. А. Саха Өрөспүүбүлүкэтин туһунан биктэриинэ ыытта, биктэриинэ түмүгүнэн саамай элбэх сөптөөх эппиэти биэрэннэр: Оппудонов Саша, Алексеева Таммила, Тихонова Сахалина кинигэ бэлэх туттулар.
Тимофеева Е. С. бибилэтиэкэр.