Саха дьоно өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит дьарыктарынан биирдэстэрэ туоһунан үлэ буолар. Былыр сахалар күннээҕи наадаҕа туттуллар иһиттэри судургутук тигэн туттар эбит буоллахтарына, кэлин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ улам тупсаран, талахтаан-силистээн, ойуулаан-мандардаан кэрэ көстүүлээн оҥороллоро. Ону сүтэрэн, симэлитэн кэбиспэккэ төрүт дьарыгынан иистэнэр «Көмүс сүүтүк» иис түмсүүтэ Чкаловка 2010 сыл инниттэн үлэлээбитэ. Манна ыал ийэлэрэ, эбээлэрэ кэлэн үөрэ-көтө дьарыктаналлара, сүрүннээн туоһунан араас киэргэллэри, харысхаллары, сир аһын хомуйарга, дьиэҕэ туттарга туос иһит араас көрүҥнэрин оҥороллоро.
Бүгүн ааҕааччыларга имигэс илиилээх иистэнньэҥ, Чкалов олохтооҕо Розалия Григорьевна Федорова талба талаанын — туоһунан дьарыгын туһунан сырдатабыт.
Розалия Григорьевна туостан араас эгэлгэ иһит тигиитинэн дьарыктанар. Туос иһит элбэх үлэттэн тахсар: үчүгэй, ыраас хатыҥы булуу, туоһу сөптөөхтүк хастааһын, харайыы, онно эбии кылы-сиэли хатыы. Туоһу хайдах туттар туһунан кини кылгастык маннык кэпсиир: «Туоһунан үлэ улахан сыраны эрэйэр, ону таһынан туоһу хастааһын анал кэмнээх, сиэрдээх-туомнаах буолар. Аны туоһу талбытынан имигэстик тутан ойуулуур, тигэр уустуктардаах. Илиинэн иһит-хомуос тигэргэ элбэх үлэ эрэйиллэр уонна баҕа наада. Туоһу хатыҥ уута сүүрэн бүппүтүн кэннэ, бэс ыйыттан хастаныллар. Хастыаҥ иннинэ сиэри-туому тутуһан, алаадьылаан сири-айылҕаны аһатан көрдөһүллэр. Хастаан баран ыраастаан, сааһылаан баттатыллар уонна наадыйдахха, тугу оҥороргунан көрөн, араҥалаан, чарааһатан биэрэҕин. Туоһунан иистэнэр үлэтэ элбэх: туоһу хастыахха, ии буолар талаҕын быһыахха, ситии буолар кылын хатыахха наада. Барытын бэлэмнээн баран тугу тигэргин иистэнэн саҕалыыгын.»
Туоһунан дьарыгырарга Розалия Григорьевна П. Гермогенов «Туостан оҥоһуктар», Б. Ф. Неустроев «Саха туоһа» диэн кинигэлэринэн сөбүлээн туһанар.
Дьарыгын таһынан Розалия Григорьевна таҥас матырыйаалларынан араас олбохтору, дьэрэкээн өҥнөөх таҥаһы аттаран паннолары, оҕолорго оҕуруонан сахалыы симэх киэргэллэрин тигэр. Иллэҥ кэмигэр сибэкки үүннэриитинэн дьарыгырар: дьиэҕэ үүнэр сибэкки, сайынын тэлгэһэтигэр сиэдэрэй сибэкки арааһа.
Киһи санаа баҕатын, сылаас тыынын ууран туран уран тарбахтарынан оҥорон таһаарар үлэтэ мэлдьи кэрэхсэбиллээх, дьон сэҥээриитин ылар.
Г. Баснаева.