Муус устар 17 күнүгэр киин бибилэтиэкэ саалатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Ньурба улууһун, Октябрьскай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Ньурба улууһун норуот уус-уран оҥоһугун маастара Гаврильева Варвара Софроновна төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах айар үлэтин сырдатар “Талба талаан таабырына, айар куорсун абылаҥа” диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна Зинаида Егоровна Ильина көтөр түүтүнэн хартыынаны оҥорууга маастар — кылаас ыытта.
Варвара Софроновна тарбахха баттанар киһи бастыҥа. Кини тапталлаах ийэ, эбээ, мааны хаһаайка, бастыҥ учуутал, уран тарбахтаах иистэнньэҥ, сахалыы ииһи утумнаан өрө тутааччы, сахалыы таҥаһы тарҕатааччы, көмүс куоластаах, айылҕаттан айдарыылаах, талба талааннаах этэ…
Варвара Софроновна айар үлэтин биир ураты көрүҥүнэн көтөр түүтүнэн уран көстүүлээх хартыыналары дьүһүйүү буолар. Хартыыналара хас биирдиилэрэ ураты тыыннаахтар, кэпсээннээхтэр. Кини айылҕа кэрэтин таба көрөн аҕыйах кэм иһигэр күлүмнээн ааһары тохтото түһэн уһун үйэлиирэ.
Бу уустук жанрга кини бастакы саҕалааччы быһыытынан биллэр. Ол курдук, 1995 сыллаахха Республика дьахталларын 10 съеһигэр Гаврильева Варвара Софроновнаны көтөр-сүүрэр түүтүнэн бастакы оҥорооччу буоларын бигэргэтэн билиммиттэрэ.
Маастар кылааска кэлбит ыалдьыттарбыт Варвара Софроновна оҕолоругар, сиэннэригэр тикпит сахалыы таҥастарын дефилетын, ыллыы турар видеотын, “иистэнньэҥ мастерскойа” фотозонатын көрөн, Зинаида Егоровнаттан үөрэнэн, бэйэлэрэ көтөр түүтүнэн хартыына оҥорон, дуоһуйа сынньанан, астынан бардылар. Зинаида Егоровна Ньурба ускуустуба оскуолатыгар үөрэтэр оҕолоро Варвара Софроновна сырдык аатыгар анаан “Кус түүтэ кустуктанан…” диэн выставка туруоран, долгуттулар.
Варвара Софроновна Гаврильева сырдык мөрсүөнэ, үтүө майгыта-сигилитэ, хаалларбыт үлэлэрэ өрүү бэйэтин саната — долгута, маастар саҕалаабыт кус түүтүттэн айымньылара үүнэр көлүөнэҕэ биһирэнэ-салҕана туруо!
Умнуллубат кэм, умнуллубат киһи…. Дойдуларын аатын ырааҕынан-чугаһынан ааттаппыт, айылҕаттан дьоҕурдаах дьоммут-сэргэбит ааттара үйэлэргэ ааттана турдун!
Ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа