Таркаайы бибилэтиэкэтэ нэһилиэк иһинэн нэдиэлэ аайы тэрилтэлэри кэрийэн кинигэлэри, хаһыаттары, сурунааллары көрдөрөр, уларсар. Ол курдук, бэс ыйын 4 күнүгэр уһуйааҥҥа баран орто уонна улахан группа оҕолоругар «Остуоруйа холбуката» хомуурунньуктан «Күн, ый уонна сулус» остуоруйаны кэпсээтибит. Үтүө майгыга-сигилигэ уһуйар остуоруйалардаах, дьэрэкээн ойуулардаах кинигэ — оҕоҕо бастыҥ бэлэҕинэн буолар, үтүөҕэ үөрэтэр.
Уһуйаан иитээччилэригэр сахалыы, нууччалыы кэпсээннэрдээх кинигэлэри көрдөрбүппүтүн сэҥээрэ көрдүлэр.
Баснаева Г. Н.