Чингиз Торекулович Айтматов 1928 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Киргизияҕа Шекер сэлиэнньэҕэ төрөөбүтэ. Киргизия, Казахстан норуодунай суруйааччыта, Киргизия Республикатын Дьоруойа, Киргизия НА академига, Социалистическай Үлэ Геройа, Ленинскэй (1963) уонна ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин (1968,1977,1983) лауреата.
Саха уонна кыргыз норуоттарын культурнай, духуобунай ситимнэрин кэҥэтэргэ Чингиз Айтматов үтүө аата Сахабыт сирин кытта ыкса ситимнээх.
Кини “Тэбиэн хараҕа”, “Джамиля”, “Маҥнайгы учуутал”, “Ийэ сир” айымньыларын геройдара саха суруйааччыларын геройдарын курдук, норуоппутугар чугастарынан ааҕааччылар сүрэхтэрин-быардарын улаханнык долгуталлар, куттарын туталлар.
Чингиз Айтматов “Муора кытылынан сүүрэр күөрт ыт” диэн аатырбыт улуу айымньытынан Саха сиригэр норуоттар культураларын, духуобунай сайдыыларын үрдүк таһымҥа таһаарбыт, саха норуотун культуратын үрүҥ көмүс үйэтин барҕардыбыт, республика культуратын министринэн айымньылаахтык үлэлээбит Андрей Борисов Саха тыйаатырыгар туруоруута, туһугар улахан хорсун быһыы. Талааннаах режиссер “Хаарыан хампа күөх кытылым” улуу испэктээгинэн Саха сириттэн саҕалаан, аан дойду көрөөччүтүгэр биһиги бука бары биир тыыга олорорбутун, тыыны түөрэҥнэтэр кутталлааҕын, ол аата киһи киһиэхэ харыстабыллаах сыһыана эрэйиллэрин символ быһыытынан көрдөрүүтэ хас биирдии киһи өйүгэр-сүрэҕэр дириҥник иҥпитэ.
Үтүмэн көлүөнэ таптаан аахпыт суруйааччытын айымньыларынан уһуллубут киинэлэри: «Джамиля», «Первый учитель», «Красное яблоко», «Материнское поле», «Белый пароход» астына, дуоһуйа көрбүтэ.
Ааҕааччыларбытын Ф. Г. Сафронов аатынан Киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар Чингиз Айтматовка аналлаах кинигэ быыстапкатын кэлэн билсиһэргитигэр ыҥырабыт!
Ааҕааччыны кытта үлэриир салаа.