САССР тэриллибитэ – 100 сылыгар
Умнуллубат үтүө аат
Саха сиригэр автономияны олохтооhуну тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ, Саха АССР ревкомун чилиэнэ, сир оңоруутун бастакы Наркома Донской Семен Николаевич -I (1893 – 1938) төрөөбүт дойдута чэлгийэ сайдарын туһугар олоҕун анаабыт уһулуччулаах Саха Саарына буолар.
Донской Семен Николаевич-I 1893с. ахсынньы 23 күнүгэр Малдьаҕар нэһилиэгэр тѳрѳѳбүт. Аҕата Н. С. Донской хаста да улуус кулубатынан быыбарданан үлэлээбит дьоһун киһи бэйэтин үбүнэн Маалыкайга бастакы оскуоланы туттарбыт умнуллубат үтүөлээх.
Донской С.Н -I 1910-15сс. Элгээйи уонна Сиэйэ оскуолаларыгар учууталлаабыт. 1915-17cc. Марха улууһун кулубатынан быыбаарданан сири оҥорууну, сүѳһү иитиитин биллэрдик сайыннарбыта. Салгыы 1918c. диэри улууска куттал суох буолуутун Кэмитиэтин бэрэстээтэлинэн үлэлээбит. 1918-20cc. Бүлүү куоратыгар уезд земуправлениетыгар салайбыт. Кылгас кэмҥэ Саха уобалаһынааҕы сэбиэт уезтааҕы хамыһаара буола сылдьыбыт.1920-21 cc. Бүлүү куоратыгар уезд ревкомын земотделыгар сэбиэдиссэйдээбит. Салгыы Дьокуускайга Губревком күбүөрүнэтээҕи земотделыгар сэбиэдиссэйдээбит, Гувревком чилиэнинэн талыллыбыт. 1922с. Кыраайдааҕы ревком сир оҥоһуутугар Наркомунан үлэлээбит. Автономияны тэрийэр хамыыһыйа чилиэнинэн талыллан, П.А. Ойуунускайы кытта Саха АССР Конституциятын суруйсубут. “Манчаары” национальнай сырдатар-культурнай уопсастыбаҕа бэрэстээтэллээбит. Семен Николаевич бу сыл балаҕан ыйыгар саалаах-саадахтаах өрө турууну тохтотор үлэни сөпкө тэрийбит, салайбыт улахан өҥөлөөх.
1923-24сс. Саха сирин Киин Ситэриилээх кэмитиэтин (ЯЦИК) бэрэсдээтэлин солбуйааччыта . Ити сылдьан Россия коммунистическай партиятын соруда5ынан “Кыым” хаһыакка редактордаабыт. Хаhыакка саҥа былаас, партия губкомун, Саха КСК саамай дьоһуннаах уураахтара, Совнарком үлэтэ, сир реформата, хаhаайыстыбаны, үѳрэхтээhини тэрийии, культурнай тутуу, С.А.Новгородов сахалыы суругун-бичигин киллэрии, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторо, «Саха омук» уопсастыба үлэтэ-хамнаhа, улуустартан сонуннар киэҥник сырдатыллаллара. СКСК Председателэ П.А.Ойуунускай ыстатыйалара, ырыалара-хоhоонноро сотору-сотору бэчээттэнэллэрэ. Саха национальнай литературатын тѳрүттэспит А.Е.Кулаковскай-Ɵксѳкүлээх Ɵлѳксѳй, А.И.Софронов хоhоонноро, С.С.Яковлев-Эрилик Эристиин ыстатыйалара тахсыталаабыттара.
РСФСР Сэбиэттэрин 10-с съеһин үлэтигэр дэлэгээтинэн талыллан кыттыбыт. 1025 сылтан биир сыл сэттэ ый устата ССРС Киин Ситэриилээх Кэмитиэтин чилиэнэ буола сылдьыбыт. 1926с. “Якутторг” дириэктэринэн үлэлээбитэ. Дуоһунаһын сүнньүнэн буруйу оҥордо диэннэр Саха АССР Үрдүкү суута ытарга уураахтаабыт. Ону М.К.Аммосов, И.Н.Барахов кѳрдѳhүүлэринэн С.В.Васильев партия Киин Хонтуруоллуур Комиссиятыгар дьыаланы хаттаан кѳрѳргѳ сайабылыанньа түhэрбитэ. Ити кэнниттэн РСФСР Yрдүкү суутун уурааҕынан Донской буруйа суоҕа дакаастаммыта, кини хаайыыттан босхоломмута, партиятыгар чѳлүгэр түhэриллибитэ.
Ол кэнниттэн Семен Николаевич-I Москваҕа ССРС норуоттарын кинигэ таһаарар киин кыһатын редколлегиятын иһинэн саха салаатыгар улэлээбитэ. Тылбааска идэтийбит, саха суругун-бичигин үөскэтиигэ улахан кылаатын киллэрбитэ.
Донской С.Н.-I баара-суоҕа 45 сааһыгар, эр киһи дьэ ситэр-хотор кэмигэр сылдьан 1938 сыл бэс ыйын 5 күнүгэр Бутырка хаайыытыгар сырдык тыына быстыбыта. Биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятеллэр бырааттыы Донской С.Н. — I, С.Н. — II сымыйанан норуот ѳстѳѳҕѳ диэн буруйдаммыттара сотуллан, 1957 сыллаахха реабилитацияламмыттара. Кинилэр үтүѳ ааттара норуоттарыгар, дойдуларыгар хаттаан уонна букатыннаахтык тиллибитэ.
Уһулуччулаах биир дойдулаахпыт кылгас эрээри чаҕылхай олоҕун сырдатар ”Семен Николаевич Донской-I – один из основателей якутской государстенности» дьоһун кинигэни Е.П. Антонов, Ф.С. Донской уонна Д.Н. Николаев хомуйан 2004 с. таһаарбыттара махталлаах дьыала. Мальдьаҕар нэһилиэгэр 2005 сыллаахха орто оскуола иһинэн бырааттыы Донскойдар ааттарын сүгэр музей-дьиэ арыллан кэнчээри ыччаппыт чинчийэр үлэнэн утумнаахтык дьарыктанарыгар олук буолар. Бу музей ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитэргэ улахан төһүү күүс буолара саарбаҕа суох.
2018 сылллахха тапталлаах дойдутун Киэҥ Ньурба дьоно-сэргэтэ бары түмсэн ытык киһибит Улахан Семен Николаевич Донской сырдык аатыгар сүгүрүйэн төрөөбүтэ 125 сылын көрсө Кыталыктаах кырдалыгар үрүҥ тунах ыһыах ыспыппыт. 2018 сыл устата бу үтуөкэн үбүлүөйгэ аналлаах араас тэрээһиннэр республика таһымыгар киэҥник ыытыллан бар-дьон сэҥээриитин ылбыттара. Биир дойдулаахпыт, сир оҥоһуутун бастакы Наркома Донской С.Н. – I сырдык аата үйэлэр тухары умнуллуо суоҕа.
Раиса Мартынова