МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Search
“Уоланнар ааҕыылара”

Сэтинньи 20 күнүгэр «САХА САНААТЫН САЙМЫЫР СААРЫН — АЛАМПА» диэн сылын аайы ыытыллар Маалыкай уокуругун алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр “Уоланнар ааҕыылара” буолан ааста.

 Быйылгы күрэхпит Саха уус-уран литературатын төрүттэспит суруйааччылартан биирдэстэрэ, поэт, прозаик, драматург Анемподист Иванович Софронов – Алампа төрөөбүтэ 140 сылыгар ананна.  Тэрээһин иннигэр Алампа оҕо сааһын эрэйдээх, уустук олоҕун туһунан оҕолорго презентациялаах билиһиннэрии оҥоһулунна. Уоланнарга үһүс кылаас кыргыттара норуот уус-уран айымньытынан попуррилаан (хомустаан, чабырҕахтаан, дэгэрэҥ ыллаан) эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Бу күрэххэ барыта 11 оҕо Маалыкай, Чуукаар, Малдьаҕар осколаларыттан кытыннылар. Ол иһигэр 5 оҕо — 3 кылаас, 6 оҕо – 4 кылаас үөрэнээччилэрэ Алампа хоһоонноруттан олус бэркэ кыһаллан аахтылар. Күрэҕи сыаналаатылар: В. И. Максимов аатынан Малдьаҕар орто оскуолатын директора Артем Семенович Кириллин; РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, алын кылаас учууталынан өр сылларга үлэлээбит педагогическай үлэ бэтэрээнэ — Юлия Семеновна Дьячковская. Малдьаҕардааҕы «Чуораанчык» оҕону сайыннарар киин үрдүк категориялаах иитээччитэ – Ньургуйана Николаевна Попова. Оҕолор бары олус бэркэ бэлэмнэнэн кэлбиттэр: таҥастара-саптара, тутталлара-хапталлара, саҥалара-иҥэлэрэ барыта хоһоонноругар дьүөрэлиир.

Сыанабыл түмүгүнэн, үһүс кылаас оҕолоругар  I м. ылла – Филиппов Харысхан (Малдьаҕар, сал. Филиппова Л.В.), II м. – Саввинов Эрсан (Малыкай, сал. Иванова М.С.), III м. —  Слепцов Тит (Малдьаҕар, сал. Филиппова Л.В.).

Төрдүс кылаас оҕолоругар I м. – Петров Сандал (Малыкай, сал. Попова И.П.) , II м – Ушканов Афанасий (Малыкай, сал.Попова И.П.), III м. – Семенов Айгылаан (Малдьаҕар, Николаева М.И.)

Төрдүс кылаас кыайыылаах оҕолоро сэтинньи 27 күнүгэр Чаппанда нэһилиэгэр ыытыллыахтаах оройуон күрэҕэр Малыкай кустатын көмүскүү барыахтара. Онон уолаттарбытыгар ситиһиилэри баҕарабыт!