МКУ "Нюрбинская МЦБС"

Центральная районная библиотека имени Федота Григорьевича Сафронова

Search
«Саха литературатын төрүттээчи, поэт,фольклорист, бөлүһүөк-Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй» 

Сахабыт сирин үрдүнэн ӨКСӨКҮЛЭЭХ СЫЛЛАРА хамсааһын быйыл төрдүс сылыгарүктэннибит. 

Бу хамсааһыны өйөөн Ньурбатааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин директора Анна Багмет бирикээһинэн “НЬУРБА БИБИЛЭТИЭКЭЛЭРИН СИТИМИГЭР КУЛУН ТУТАР ЫЙӨКСӨКҮЛЭЭХ ӨЛӨКСӨЙ ЫЙЫНАН” 2023 сылтан биллэриллэн бибилэтиэкэбит ситимигэр буыйга араас хайысхалаах үлэлэр сылын аайы ыытыллаллар.                                                                                                                     

Ааһан эрэр үйэ биир саамай уһулуччулаах киһитинэн Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх буолар. Кини айан хаалларбыт баай ис хоһоонноох литературнай, публицистическай нэһилиэстибэтэ өйү чэбдигирдэр, дууһаны ыраастыыр, сырдыкка-сайдыыга ыҥырар. Кини суруйууларыгар билиҥҥи олоххо көстөр ыарахан балаһыанньалартан тахсарга сөптөөх ыйыылар-кэрдиилэр баалларын булан ылыахха сөп.                                                                      

Кулаковскай көрүүлэрин-истиилэрин сиһилии бибилэтиэкэ аан ситимигэр ааҕыҥ: