Ньурба улууһа Саха омук биир саамай уутуйан олохсуйбут төрүт уус улууһа буолар. Манна былыр былыргыттан устар ууну сомоҕолуур уус тыллаахтар үөскээн- төрөөн, дьон — норуот өйүгэр — санаатыгар иҥэн хаалбыттара.
Олоҥхо саха омугун киэҥ туттуута, духуобунай сайдыытын айыы тыына буолар. Саха тылынан уус — уран айымньытын улахан кээмэйдээх үрдүкү чыпчаала.
Киэҥ Ньурба куоратыгар сэтинньи 25 күнүгэр СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Розалия Тихонова бырайыагынан, СӨ үтүөлээх артыыһа, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ Афанасий Федоров сценарийынан, С. А. Зверев — Кыыл Уола аатынан үҥкүү тыйаатырын оркестрын сүрүн дирижера, салайааччыта — СӨ үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Петров уонна СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров, СӨ култууратын туйгуна Розалия Тартакынова туруорууларыгар Спиридон Петров — Чыычаах суруйуутугар «Оҕо Дьулаах бухатыыр» олоҥхону истэн — көрөн сэргээҥ диэн ыҥырабыт.